Саргылардаах сахабыт текст песни
Обновлено: 31.10.2025
Саргылардаах сахаларбыт 
Салаһыннаах саңаларын 
Саңалыыра тойугунан 
Салайан-саңардан иһиэҕиҥ. 
Ытык-кырдьаҕас дьоннорбут 
Ыллаабыт ырыаларын 
Ыллам-дьэллэм ырыанан 
Ыллаан-туойан иһиэҕиҥ. 
Ийэттэн-аҕаттан айыллыбыт 
Элэ-была тыллары 
Ирдээн-тордоон тураммыт, 
Этэн-саңаран иһиэҕиҥ. 
Киһи – саха аатырбыт 
Кэриэс-хомуруос тыллары 
Кичэйэн-хачайан тураммыт, 
Кэңэтэн саҥаран иһиэҕиҥ. 
Киис тыһыгар кэккэлээх, 
Кэрэ-билэ доҕоттоор, 
Кэлэн-баран иһэммит, 
Кэскиллэ тэрийэн иһиэҕиҥ. 
Уруккулуур удьуордарбыт 
Уруйдаабыт олохторун 
Умнубакка сылдьаммыт, 
Уһатан-кэңэтэн иһиэҕиҥ! 
Читайте также:

