Куьуну таптыыбын текст песни
Обновлено: 06.12.2024
Күһүҥҥү күн күрэммиттии былыкка саста,
Күһүҥҥү сөрүүн тыал аа-дьуотук илгийэн ааста,
Хагдарыйбыт сэбирдэхтэр үҥкүүлээтилэр,
Харах уутун санатаннар сиргэ түстүлэр.
Хос ырыата:
Ол аата күлүм күммүт
Бүтэhигин сылытта,
Ол аата Ийэ Айылҕа
Нухарыйан барда.
Баҕарбатах курдук аргыый ардах таммалыыр,
Быылынан туолбут салгыны кини ыраастыыр,
Түүнүн аайы сулус үөрэ халлааҥҥа хойдор,
Үрүҥ түүнү мэлдьэспиттии ый үөhэ ойор.
Хос ырыата:
Ол аата үрүҥ түүммүт
Биhигини хаалларда,
Ол аата Ийэ Айылҕа
Нухарыйан барда.
Бу курус кэмҥэ сир барыта
Буомуран, утуктаан хааларын аахсыбакка,
Тоҕотун бэйэм да билбэккэ
Күhүнү, күhүнү таптыыбын,
Күһүнү эрэ мин саныыбын.
Другие песни исполнителя
№ | Песня | Исполнитель | Время |
---|---|---|---|
01 | Оhуордаах ыйдана | Павел Семенов | |
02 | Ахтыл5ан | Павел Семенов | |
03 | Хатыланар Дьыл5алар | Павел Семенов | |
04 | Абылаама | Павел Семенов | |
05 | Хаар туhэр | Павел Семенов | |
06 | Бар дьоммор | Павел Семенов |
Слушать онлайн Павел Семенов Куhуну таптыыбын на Megalyrics — легко и просто. Просто нажмите кнопку play вверху страницы. Чтобы добавить в плейлист, нажмите на плюс около кнопки плей. В правой части страницы расположен клип, а также код для вставки в блог.
Читайте также: