Туулэй тууну сырдатан текст песни

Обновлено: 22.11.2024

Все

4 года на форуме

Автор 5 уровня

Топ пользователь Түүлэй түүнү сырдатан. 11 декабря 2014 23:17 4099 Түүнү буолбатах - түүнү. Түүн буолбатах - түүн. ))) 11 декабря 2014

Саҥа фотоаппарааттанаммын дьэ түһэриэх буолбутум баара.

Сарсыарда үлэҕэ ыксалынан барарга туманнаах буолан, түһэрэр соло да санаа да киирбэт. Күнүс биир оннук хартыына. Ол оннугар киэһээ дьиэ диэкки барага син сололоммучча тоҥуохпар диэри түһэрэ сатыыбын.

11 декабря 2014

Муус оҥоһуктар элбээн эрэллэр

11 декабря 2014

марка ф/аппарата?

12 декабря 2014

түүлэй түүн диэн тугуй?

арай түлүк түүн дииллэрин истээччибин.

12 декабря 2014

Сони DSC-HX300 диэн аппараатым. Саҥа хасыһа, үөрэтэ сатыыбын

12 декабря 2014

эҕэрдэ, саҥа покупканан)

12 декабря 2014

ДОҔОРБОР А.Шестаков тыла

Түүлэй түүнү сырдатан
Сулустары санатар.
Мичилийэр мичээриҥ
Эймэнитэр сүрэхпин.

Күндү сэгэрим,
Таптыыр доҕорум
Истиий тойукпун.

Нуоҕалдьыйар мөссүөнүҥ,
Сир симэҕин санатар.
Дьиэрэһийэр куолаһыҥ
Күөрэгэйдии чугдаарар.

Олох мэһэйдэриттэн
Уостуо суоҕа тапталым.
Сылайары билбэккэ
Мэлдьи миигин арыаллыа.

Үчүгэйиэн, көмүһүөм,
Үөрэ-көтө сылдьарбыт.
Эйигинниин дьолбутун,
Кэскилбитин айарбыт.

12 декабря 2014

Олус үчүгэй хаартыскалар!

Кыһын борук-сорук, туман-имэн, киһи тугу да булан да көрүө суох курдук.. Оттон сорох дьон бу үлүгэрдээх үчүгэйдэри түһэрэллэр. Киһи хайдаҕый даҕаны, тулалыыр эйгэни оннук хараҕынан көрөр диэн муударай этии баар этэ.

Читайте также: