Текст песни ардахтаах киэьээ

Обновлено: 23.11.2024

Ардахтаах киэһэ соҕотох туран
Көрдөһөр уолчаан таҥаратыттан
Тымныы уулусса оҕото буолан
Кэрэни күүппэт орто дойдуттан
Бу саҥа күн аастыны тэҥҥэ
Бэринэр санаа өйбөр киирбэккэ
Охтуом суоҕа, тостуом суоҕа
Хараҕым уутун тоҕуом суоҕа

Олоҥхоттон ойон тахсыбыт бухатыыр кэриэтэ
Чулуулартан чулуу бөҕөс кини этэ
Тэҥнэһэрэ суох быһыыта ол эрэн ол күн
Илдьэ барбыта былдьаан ыччаты хараҥа түүн
Бүгүн доҕотторум барыта быһаарыллыа
Кыргыһыы хонуутугар кыайбыт барытын ылыа
Ким билбитэй онно ким сэрэйбитин
Киһилэрэ бүтэһиктээх тылын эппитин
Эппитин толоруо куоттарбытын ситэ охсуо
Сытыы базара хайаларын баҕар тохтотуо
Дьолуо таҥарата арыаллыыра куруутун
Хомойоро билбэтиттэн күн сирин ким көрдөрбүтүн
Сүүрбэ үһэ эрэ сааһа ол да иһин
Уолаттар билбэттэр илиитэ ханна тиийбэтэҕин
Хаһан кыайбатаҕын көмөҕө кэлбэтэҕин
Сыыһаны саҥарарга утары тыл эппэтэҕин

Ардахтаах киэһэ соҕотох туран
Көрдөһөр уолчаан таҥаратыттан
Тымныы уулусса оҕото буолан
Кэрэни күүппэт орто дойдуттан
Бу саҥа күн аастыны тэҥҥэ
Бэринэр санаа өйбөр киирбэккэ
Охтуом суоҕа, тостуом суоҕа
Хараҕым уутун тоҕуом суоҕа

Уол сууллан түспүтүн доҕоро көрбүтэ
Хаан сүүрэрин түөһүн өттүттэн
Сытыы быһах сүрэҕин хайа аспыта
Охсуһуу уотуттан доҕоро туора таппыта
Уол хараҕа онно туспа дьикти уоттааҕа
Көрө сытар этэ тугу эрэ отой ырааҕы
Хааннырбыт уоһун быыһынан эппитэ сэрэнэн
Уолаттар кытаатыҥ ааккытын түһэн биэримэҥ
Суох кэтэс тохтоо кэмэ билигин кэлиэ
Барыта эн иннигэр өлөрүҥ өссө эрдэ
Доҕорун тыллара ыарыытын чэпчэппэтэ
Өссө биир эдэр уол олоҕо манан бүттэ
Тымныы уулуссалар умнуо суохтара ол уолу
Хатылыахтара элбэхтэр өссө кини суолун
Ким эрэ дьолун булуо ким эрэ сиргэ сытыа
Ким эрэ уоскутуна ситэ ырыатын ыллыа

Ардахтаах киэһэ соҕотох туран
Көрдөһөр уолчаан таҥаратыттан
Тымныы уулусса оҕото буолан
Кэрэни күүппэт орто дойдуттан
Бу саҥа күн аастыны тэҥҥэ
Бэринэр санаа өйбөр киирбэккэ
Охтуом суоҕа, тостуом суоҕа
Хараҕым уутун тоҕуом суоҕа

Читайте также: