Мин ийэм сааскы кун кэриэтэ текст песни

Обновлено: 22.11.2024

Олох диэн улуу байҕал устун айан. Устар аалыҥ хайа кытылга тиксэриэ биллибэт. Баҕар, тыал мэһэйдиэ, ардыгар ардах курулаччы түһүө. Сороҕор тумаҥҥа мунан, атын кытылга тиийиэххин сөп. Ол эрээри, дьылҕаҥ син биир сөптөөх суолгун сирдиир.

Кини олоҕор элбэх эксээмэни туттарбыта. Хас да сүүмэрдээһини кыайан ааспакка, сыыйыллан, хомойон да ылбыттаах. Ол эрээри, айар кутун куйаара, олоҕун оҥочото баҕа санаатын кытылыгар аҕалбытын бу матырыйаалы ааҕан баран итэҕэйиэххит. Артыыс, режиссер, ырыа айааччы Руслан Тараховскай – “Кэскил” бүгүҥҥү ыалдьыта.

  • Сүрэҕиҥ сөбүлүүрүнэн, санааҥ сытарынан дьарыктаннаххына, бэйэҥ кыаххын сүүс бырыһыан туһанаҕын. Киһиэхэ саамай сүрүнэ – дууһата.

Дьиҥэр, киһи элбэх ханааллаах. Уйар, кыайар буоллахха, хас да үлэни тэҥҥэ тутуохха сөп. Холобур, билигин тыйаатырбар испэктээк туруорабын, манна (төбөтүн көрдөрөр) сайын Алдаҥҥа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын оҥорон көрөбүн, аны бу аҕыйах хонугунан буолуохтаах кэнсиэрпэр сүүрэбин.

Куруук солото суох үлэ үөһүгэр, төбөм мэлдьи толкуйдуу, тугу эрэ быһаарса, кэпсэтэ сылдьарбын ордоробун. Биир эрэ дьыаланан дьарыктаннахпына, тэһийбэт курдукпун. Үөрэнэн хаалбыппын, – диир Саха тыйаатырын сүрүн режиссера.

Биир да кэнсиэри көтүппэт этибит

Руслан Бүөтүр Тобуруокап, Анегина Ильина, “Чолбон” бөлөх дойдуларыгар – Үөһээ Бүлүү Намыгар улааппыта. Кини оҕо сааһа, бэйэтэ этэринэн, үс тылы кытта ыкса ситимнээх: “үөрэх”, “үлэ”, “айылҕа”. Ийэтэ Мегежекская Светлана Николаевна, учуутал буолан, оскуолаҕа сылдьара. Аҕата муусукаан, ырыа айааччы буолан, дьиэлэригэр өрүү ырыа дорҕооно кутуллара, байаан тыаһыыра. Кинилэргэ культура үлэһиттэрэ үгүстүк мусталлара. Дьиэ кэргэнинэн куонкурустарга көхтөөхтүк кытталлара.

Руслан бэһискэ үөрэнэ сырыттаҕына, ийэтэ Дьокуускай куоракка, муусука өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатыгар ыыппыта. Билигин да ол кыра мас дьиэ КФЕН кэннигэр турар.

Ол сыл Руслан интернакка олорбута. Сарсыарда өттүгэр муусуканан дьарыктанара. Эбиэт кэннэ Сайсары күөлү туораан, 14-с оскуолаҕа үөрэнэ барара. Уруккута бэһис остолобуойга толуонун туппутунан, аһыы сүүрэрэ.

  • Дьоммун, дойдубун, дьиэбин олус ахтарым. Ол иһин ийэм аһынан, төттөрү ылбыта. Онон Үөһээ Бүлүүгэ Исиидэр Бараахап аатынан оскуолаҕа көспүтүм, “Тускул” оҕо эстетическэй киинигэр, муусукаалынай оскуолаҕа дьарыктанар буолбутум. Артур Васильевич Васильев, Николай Николаевич Хомусаров, Анна Петровна Иванова курдук уһуйааччыларга үөрэммитим. Доҕотторбун мунньан, “Дабаан” диэн ВИА тэрийбитим. Гоша Филиппов диэн табаарыспын кытта ырыабыт тылын, матыыбын бэйэбит суруйарбыт. Оскуола тэрээһиннэригэр, биэчэрдэргэ кыттарбыт.

Ол кэмҥэ Руслан Үөһээ Бүлүү гимназистарын бөһүөлэккэ үгүстүк бэлиэтии көрөрө. Уулуссаҕа сырыттахтарына, туттардыын-хаптардыын, хаамардыын-сиимэрдиин атын оҕолортон ураты этилэр. Мэктиэтигэр, күн уотугар күлүмүрдээн көстөллөрө. “Кинилэр курдук буолбут киһи-и!” – диэн Руслан иһигэр ымсыырара. Сыал-сорук туруорунан, туттарсарга санаммыта. Тохсус кылаас кэннэ холонон көрбүтэ да, сүүмэрдээһини ааспатаҕа. “Муусукаалынай оскуолабын бүтэрэн баран, син биир киириэм”, – диэбитэ.

Нөҥүө сылыгар туттарса тиийбитин: “Бу оҕо ньоҕойо бэрт, ол аата наһаа баҕарар эбит”, – диэн ылбыттара. Онон интернакка олорон үөрэнэр буолбута.

“Кэскил” хаһыаттан биллэриини көрөн

Биир үтүө күн Наталья Ивановна Софронова диэн учуутала “Кэскил” хаһыаты көрдөрбүтэ. Онно “М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы училищеҕа артыыс буолуон баҕалаах оҕолору сүүмэрдээһиҥҥэ ыҥырабыт” диэн ис хоһоонноох иһитиннэрии баара. “Айар куттаах киһиэхэ офиска олорон үлэлиир барсыбат. Эйиэхэ театральнай эбэтэр кинематография ордук буолуо этэ. Манна туттарсан көрбөккүн дуо?” – диэн учуутала сүбэлээбитэ.

–“Иһиттим-истибэтиэм” диэбит курдук, юрист буолуохтаахпын таһыччы умнан кэбиспитим. Алампа, Ойуунускай хоһооннорун үөрэтэн, тыйаатыр туһунан ааҕан, бэлэмнэнэн барбытым. Бу эйгэҕэ тугу да билбэт этим. Биирдэ эмит тэлэбиисэргэ испэктээк буола турарыгар түбэһэ түстэхпинэ, соччо сэҥээрбэтим. Көрдөхпүнэ, сыанаҕа тугу эрэ саҥара-саҥара хаамыталыыр курдуктара. “Ити хайыылларый?” – диэн өйдөөбөккө, арааран кэбиһэрим, – диэн кэпсиир эдэр режиссер.

Ол күн Опера уонна балет тыйаатырыгар “лыык” курдук элбэх киһи тоҕуоруспут, элбэх да элбэх оҕо туттарса кэлбит этэ. Руслан Үөһээ Бүлүү Хоротуттан Ваня Касьянов диэн уолу кытта хаамыталыы сылдьыбыттара. Тыаттан кэлбит оҕолор тыйаатыр диэҥҥэ саҥа үктэннэхтэрэ дии. Көрүү-истии, киирии-тахсыы бөҕө буолбуттара.

–Арай хабыс-хараҥа сиргэ киирдибит. Бу санаатахха, саала иһэ эбит. Ол балайданан иһэн, инним диэки хардыылаатым – биирдэ аллара баар буолан хааллым! Оркестр дьааматыгар түспүт эбиппин! Өйдөммүтүм, тимир, олоппос быыһыгар сытабын. Табаарыһым, ханан эрэ эргийэн кэлэн, соһон таһаарда. Олох сэрии толоонугар сылдьар дьон курдук этибит. Доҕорбор өйөнөн хаамабын. Сиһим ыарыыта бөҕө. Ол мучумааннанан, туттарсыы буола турар сиригэр кэлээппитин кытта: “Тараховский!” – диэн ыҥырдылар.

Профессордар иннилэригэр хоһооммун аахтым. Сибилигин аҕай дьаамаҕа түһэн тахсыбыт киһи, нэһиилэ турабын. “Тоҕо хайдах эрэ туттаҕын?” – диэн ыйыттылар. Ырбаахыбын уһулан көрдөрдүм.

Хас да түһүмэҕи аастым эрээри, сыыйыллан хааллым. “Сирэйиҥ кыра. Артыыс улахан сирэйдээх буолуохтаах”, – диэтилэр. Дэлби хомойдум. Санкт-Петербургтааҕы киинэ институтугар туттарсарга сананным. Ону баара, эрдэ уһуллубут кассеталаах буолуохтаах эбиккин. Миэхэ хантан кэлиэй, суох буоллаҕа. Эмиэ мэлийэн, хомойон аҕай истэхпинэ, утары эдьиийим иһэр эбит. “Щепкиҥҥэ эбии биэс миэстэни таһаарбыттар үһү”, – диэн үөрүүлээх сонуну кэпсээтэ. Өссө туттарсан көрөргө быһаарынныбыт.

Ийэм Андрей Саввич Борисовка (ол саҕана миниистиргэ) бара сырытта. “Мин уолум хайаан да киириэхтээх”, – диэн көрдөстө. Онуоха Андрей Саввич: “Хайдах эрэ туттар-хаптар. Сирэйэ кыра курдук”, – диэтэ. “Ол хайаан да улахан сирэйдээх, хайаан да артыыс эрэ буолуохтаах үһү дуо? Оҕом режиссер, композитор буолуоҕа!” – диэн ис-иһиттэн күүскэ саҥарда. Мин кыбыстан хааллым. “Эн аатыҥ кимий?” – диэн ыйыппытыгар, ийэм: “Мегежекская Светлана Николаевна”, – диэн хоруйдаата. “Чэ, сөп, эбии көрүүгэ кэлээриҥ”, – диэтэ Андрей Саввич.

Ол курдук, эбии сүүмэрдээһиҥҥэ байааммын кыбыммытынан, гитарабын сүкпүтүнэн, аҕабын кытта тиийдим. Сатыырбын барытын көрдөрдүм. Арай оччолорго Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Василий Михайлович Фомин: “Туох эрэ көрдөөҕү кэпсээн иһитиннэр”, – диэтэ. Мин тустууктар тустарынан кэпсээтим. Син күллэрдим быһыылаах.

Эмиэ киирбэтим диэн турдахпына, испииһэги эттилэр. Һуу, биэс иһигэр баарбын! “Ол эрээри, бу биэс оҕоҕо истипиэндьийэ, остолобуойга аһыыр толуон көрүллүбэт”, – диэтилэр. Чэ, буоллун, хата, уопсайга киллэрэллэрин истэн, олус үөрдүбүт. Күһүн үөрэнэ тиийдибит. Ким эрэ дойдутун ахтан, сорох Москва килиимэтин тулуйбакка, сыыйыллан, дьиэлэригэр төннөр буоллулар. Кинилэр миэстэлэригэр биһигини киллэрэн биэрдилэр. Онон истипиэндьийэлээх, остолобуойга толуоннаах буолан хааллыбыт.

Үөрэх бастакы күннэриттэн бу эйгэ миэнэ буоларын өйдөөбүтүм. Щепкин Үрдүкү училищета оннук ураты тыыннаах сир этэ. Бииртэн биир талааннаах уһуйааччыга үөрэммиппит. Түөрт сыл биллибэккэ ааспыта. Москва куорат, институт олохпор ураты миэстэни ылаллар.

Маҥнайгы кууруска киирбит оҕолор сүрэхтэниилэрэ, устудьуон билиэтин тутар үөрүүлээх күннэрэ Ермоловскай саалаҕа буолбута.

Анненков 100 сааһын туолар үбүлүөйүн Малай тыйаатырга бэлиэтээбиттэрэ. Ол кэннэ аҕыйах күнүнэн өлөн хаалбыта. Улуу артыыһы бырастыылаһыы, тиһэх суолугар атаарыы буолбута. Онно тоҕо эрэ саха устуудьуйатын уолаттарыгар хоруобун таһаартарбыттара.

–Тыйаатыртан крематорийга диэри илдьибиппит. Улуу артыыс хоруобун тоҕо биһиэхэ көтөхтөрбүттэрэ эбитэ буолла диэн кэлин дьиктиргиибин. Иккис куурус оҕолоругар? – диэн Руслан билигин да сөптөөх хоруйу көрдүүр.

Буурҕалаах сүрэхтэнии

Эдэр артыыстар, 2002 с.үөрэхтэрин бүтэрэн, дойдуларыгар үлэлии кэлбиттэрэ. Ол сылдьан, Руслан режиссер идэтигэр үөрэниэн баҕарарын өйдөөбүтэ. Оруобуна ол саҕана суол нөҥүө Арктическай институт аһыллыбыта. Биир үтүө күн Андрей Саввич режиссердар куурустарын арыйар диэбиттэрин истибитэ. Тыйаатырын кытта дуогабар түһэрсэн баран, үөрэнэ киирбитэ. Оннук түөрт сыл суол нөҥүө сүүрэ сылдьан, баҕалаах идэтигэр уһуйуллубута.

– Долгуйан, төттөрү-таары хаамыталыы сырыттым. Ол истэхпинэ, хабыс-хараҥаттан ким эрэ илиибиттэн тутан ылла. Көрбүтүм, САССР үтүөлээх артыыһа, биир дойдулааҕым Мария Спиридоновна Канаева эбит. “Тыйаатыр муннуктарыгар алаадьыгын уурбутуҥ дуо?” – диэн сэмээр ыйытта. Хантан, ол эрэ туһунан санаабакка сырыттаҕым дии. Остолобуойга сүүрэн тиийбитим, оруобуна алаадьы астаабыттар эбит. Ботугуруу-ботугуруу, кэрийэ сылдьан, алаадьыбын уурталаабытым. Уоппут кэлбитэ, тыл этэн баран, испэктээкилбит саҕаламмыта.

Бу испэктээк дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни кэпсиир. 1940 сыллаахха саха оҕолоро Ленинградка артыыс идэтигэр үөрэнэ барбыттара. Иккис кууруска үөрэнэ сырыттахтарына, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Ким эрэ аччыктаан, сорох сэриигэ өлөр. Ыарахан айымньы. Көрөөччүлэр ытыыллар.

Буурҕа түспүтүн, кырдьаҕас артыыстар: “Ити оҕолор дууһалара кэлэн барда”, – диэн тойоннообуттара. Бастакы үлэм итинник сүрэхтэммитэ.

Артыыс эрэ барыта режиссер буолбат. Чулуу спортсменнартан улуу тренердэр тахсыбыттара ахсааннаах. Руслан артыыс да, режиссер да быһыытынан бэйэтин суолун-ииһин булла диэтэхпинэ, сыыспаппын.

–Андрей Саввич испэктээк туруорарыгар тэҥҥэ сылдьан, элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Артыыс да, режиссер да быһыытынан үлэлэспитим.

“Зритель голосует ногами” диэн этии баар. Көрөөччү испэктээккэ сылдьар эбэтэр суох.

Бастаан артыыс быһыытынан саҕалаан баран, режиссер буолбут чулуу дьон бааллар. Константин Станиславскай, Олег Ефремов курдук улуу дьон артыыс да, режиссер да быһыытынан уһулуччу этилэр.

Режиссер буолуохпуттан сыанаҕа биирдэ эмит тахсабын. Саҥа испэктээги туруора сылдьар кэммэр, биллэн турар, оонньообоппун. Иккиэннэрин тэҥҥэ дьүөрэлиир ыарахан. Дьиҥэр, уйар, кыайар киһиэхэ хайата да мэһэйдээбэт. Аттаран үлэлиэххэ наада, – диир Руслан Игоревич.

Пол Маккартнины кытта илии тутуспут киһи!

–Киһини толкуйдатар, туох эрэ санааны этэр, философиялаах ырыалары ордоробун. Искусствоҕа кимиэхэ да майгыннаабат дьон үлэтин биһириибин. Холобур, Михаил Врубель диэн худуоһунньук буочарын кими да кытта бутуйбаккын. “Демон”, “Царевна-лебедь” диэн үлэлэрдээх.

Пушкин, Есенин истииллэрэ хатыламмат, ураты. “Чолбоннор” муусукалара эмиэ олох атын. Туспа буочардаах, ураты истииллээх дьон айымньытын ордук ылынабын.

Оҕо сылдьан, Нью-Йорк куоракка, Мэдисон-сквер-гарден түһүлгэтигэр Пол Маккартнины кытта бииргэ ыллаан баран, илии тутуспут киһи диэн баҕа санаалаах этим. Сүгүрүйэр ырыаһытым билигин тыыннаах. “Хаһан эмит илии тутуһуом дуу?” – диэн санаам билигин да баар.

Айылҕа этиитинэн олоробут

Русланы кытта кэпсэтэ олорон, “айылҕа” диэн тылы элбэхтэ истэҕин.

  • Бүлүү өрүстээх, элбэх күөлгэ улааппытым. Ол иһин айылҕаҕа сылдьарбын туохтааҕар да ордоробун. Куска, куобахха сылдьабын, балыктыыбын. Сир астыыбын, оттуубун. Айылҕа диэн улууттан улуу буоллаҕа. Күүс-уох ылабын, иэйиим уһуктар.

Сулустаах халлааны сөбүлүүбүн. Сибэккилээх хонуунан хаамарбын туохтааҕар да ордоробун. Тыа устун соҕотох сылдьан, элбэҕи толкуйдуубун. Оттуу сылдьан, атах сыгынньах сылдьарым. Тугунуоктуур этибит. Сип-сибиэһэй собону таһааран баран, отууга буһаран сиирбин ахтабын.

Биһиги айылҕа этиитинэн олоробут. Ханна да тиийдэххэ, сирэ-дойдута хайдах да, дьоно эмиэ оннук буоларын бэлиэтии көрөбүн. Холобур, саха испанецтан хаамардыын, көрөрдүүн да атын. Ити барыта айылҕаттан тутулуктаах.

Дьыбааҥҥа сытан сынньанары биһирээбэппин. Оттуу сылдьан, айылҕалыын алтыһабын, быыһыгар балыктыыбын. Онтон ордук сынньалаҥ миэхэ суох.

Улуу Толстой эппитэ: “Отдых – переход с одного занятия на другое”, – диэн. Холобур, кини романын суруйа олорон, тахсан мас хайытара үһү. Ол аата сынньанар.

Үс көлүөнэ Тараховскайдар

Муус устар 20 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Үс көлүөнэ Тараховскайдар” диэн кэнсиэр буолаары турар.

Руслан бэйэтэ отучча ырыалаах. Оскуола эрдэхтэн суруйар. Гитаралыыр, байааҥҥа, пианиноҕа оонньуур.

–Биирдэ интернакка уот баран хаалбыта. Чүмэчи уотугар гитаралыы олорон, ийэбэр анаан ырыа суруйбутум. Щепкиҥҥэ үөрэнэ сылдьан, бары ыллыыр этибит.

Кэнсиэркэ эһэм Абрам Владимирович Тараховскай классическай ырыаларын скрипкаҕа оонньоон иһитиннэриэхтэрэ. Аҕам бэйэтин айымньыларын таһынан хас да ырыаны омуктуу ыллыаҕа. Мин эмиэ ырыаларбын толоруом. Улахан куоластаах ырыаһыт эҥин буолбатахпын. Ырыа айааччыбын.

Түгэнинэн туһанан, миниистир солбуйааччытыгар Николай Афанасьевич Макаровка, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччытыгар Мария Турантаеваҕа, көмөлөспүт дьоҥҥо барҕа махталбын тиэрдэбин.

Олохпут укулаата – олоҥхоҕо

–Туспа тыллаах, итэҕэллээх, историялаах омук тирэхтээх. Бэйэтин ытыктанар, үрдүктүк туттар. Тылгын, историяҕын билбэт буоллаххына, омук быһыытынан симэлийэҕин.

Ойуунускай икки атахтаах өйүнэн өлбөтүн диэн этиилээх. Онон саха ыччатыгар үөрэхтээх, билиилээх, идэлээх, дойдугутугар туһалаах дьон буолуҥ диэн баҕа санаалаахпын. Тыйаатырга элбэхтик сылдьыҥ, сайдыҥ, таһымҥытын үрдэтиҥ.

Читайте также: