Кини мичээрэ текст песни

Обновлено: 23.11.2024

хайдах быьааран биэриэхпин билбэппин
хоьуйуохпун бэйэн эчи тыл тиийбэтин
дьыала барыта хамсаныытыгар сытар
ойуулуохпун тылым е5уллубэт саатар
биири этэбин туох эрэ атыннаах
айбыт тацара ону билэр кыахтаах
этиэххэ сеп айыл5а кистэлэцэ
бары еттутунэн барытынан кэрэ
туттара-хаптара кини хара харахтара
хас биир оцорор хардыыта
мичээрдээн ылыыта
онон тугу да саарбахтыы
толкуйдуу да барбакка
бу кыыска чугаьыахтаахпын
билэбин миэхэ кини наадатын

кини тугунан да маарыцнаабат атыттарга
хайдах да хатыламмат,со5отох бу дойдуга
кини ураты букатын
билэммин этэбин атынын
ол иьин кинини таптыыбын
бу ырыа тылларын аныыбын
тутула суоххун эн туохтан да
бас билбэт эйигин ким да
ба5а санаам барыта эн буола5ын
хатылыам хаста да эн эрэ, эн буола5ын

билэбин киниэхэ туох эрэ баарын
барыларын баьыйарын баьылыырын
наадыйбат эр киьи кеметун
кинини киэн тутта керебун
се5ебун тугу барытын кыайарын
ба5арбытын оцорор кыахтаа5ын
ол курдук бу кыыс туьунан
билигин ыллардым барытынан
сахам сирин кэрэ кестуутэ
айыл5ам саас уьуктан
тупсубут дьуьунэ
элбэх уол эйигиттэн ейе суох барар
кииристим мин эмиэ олор быыстарыгар
хайа да кыыс холобур оцостор эйигин
барытын эн бэйэн бу сиргэ ситистин
эн уордун мин сурэхпин, сурэхпин уордун
тапталым тыыннаах иччитэ эн буоллун

Читайте также: