Тус хоту текст песни мин дойдум

Обновлено: 19.09.2024

Кылбаарар туундарам сааскыта,
Кылбаарар туундарам туллуга,
Кэрэ кыыс барахсан кэтэһэр,
Кэрэ кыыс барахсан көһүтэр.

Тус хоту, тус хоту — мин дойдум,
Тус хоту, тус хоту — мин дьолум.
Мин дьолум, тапталым уйата,
Мин дьолум тапталым үөрүүтэ.

Ыксаллаах ый-хонук бытаарар,
Ыксаллаах ый-хонук мунчаарар.
Мин тойон сүрэҕим тардыһар,
Мин тойон сүрэҕим тиэтэйэр.

Сотору, сотору көттөрбүн,
Сотору, сотору тиийдэрбин!
Кэрэ кыыс барахсан кэтэһэр,
Кэрэ кыыс барахсан көһүтэр.

Читайте также: