Текст песни ый кыыьа кыыс дууьата

Обновлено: 23.11.2024

Эмиэ биир курус кун миигин со5отох хаалларда,
Эмиэ биир санньыйбыт санаа дууhабар иhийдэ.
Таhырдьа киhи сэргиэ5э туох да суох курдуга,
Арай ол туолбут ый сырдата тыгара.
Киниэхэ мин хомолтобун кэпсии турдахпына,
Хайдах эрэ ыйым уота арыый сырдаан ылла,
Харахтарбын араарбакка керен турдахпына,
Ыйга кыыс мессуенэ кестен оргууй ыллаан барда.

Кун са5ах кэтэ5эр курэнэр кэмигэр
Халлааным устунан дьаарбайа тахсабын.
Сирдээ5и ол олох эрэйин-эндирин
Киэр илгэн хаалларан сырдыкка кеппутум.
Ол онтон ыла мин ый кыыhа буоламмын
Дойдубун ыраахтан одуулуу турда5ым.

Биир курус номо5у истибитим о5о сылдьан
Кэрэ кыыс эрэйдээх муннаах оло5ун туhунан.
Кини орто дойду дьоло баарын билбэтэ5э,
Харана батталтан хара5а харанарбыта.
Кыыс кун аайы ытыыртан-сонууртан сылайан,
Уу баhар куелгэ киирэн ойбону енейбутэ.
Ол онно туолбут ый кулугэ кестубутугэр
Тебетун ендетен "Илдьэ бар" диэн кердеспутэ.

Кун уотун сылааhын олуhун а5ынным,
Сирдээ5и ып-ыраас тапталы суохтаатым.
Санаабын этиэхпин ким да суох аттыбар,
Арай тон сулустар сурэхпин аймыыллар.
Ый кыыhа ааттанан оло5ум тухары
Со5отох дьаарбайар аналлаах буолла5ым.

Кыыс кердеhен ытыырын тонуй ый истибитэ
Уонна сардана уот суолун киниэхэ ыспыта.
Кыыс орто дойдутун кытта бырастыыласпыта,
Кун сириттэн букатын тэйэн ыйга барбыта.
Бу номо5у санааммын мин кыыhы аhынабын.
Араас киирэр санаалары антах киэр кыйдыыбын.
Хайдах да буоллун оло5у кундутук санаатым,
Кун сиригэр дьолу, тапталы эрэ мин ба5ардым.

Дьыл-хонук муна суох иннибэр элэнниир,
Быстала суох олох тохтообот , айанныыр.
Дойдубун ытыспар бу тутан турабын,
Хас биирдии киhини, дьыл5абын керебун.
Билбэккит ситэри, эhиги, сир дьоно,
Кулум кун анныгар олорор дьолгутун.

Эн эмиэ да чугаскын, эмиэ да ырааххын.
Туунну куйаар айанньыта буолабын.
Эн ейгер еруу хаалыа5ым, ырыа5ын ыллыы сылдьыа5ым.
Быраман дьыллар мындааларыгар саста5ым.
Ый кыыhа.

Читайте также: