Текст песни толлубаппын маахта
Обновлено: 09.11.2024
Маахта Маахта запись закреплена
Мин элбэх дьон хара5ар охсуhууну кербутум
мин бэйэм тулалыыр эйгэбин мин бэйэм ербутум
бугун тыынар тыыным туhугар элбэхтэ суурбутум
бугун хонор сирим баарыттан элбэхтэ уербутум
элбэхтэ дьыл5абыттан кураанах бэлэх туппутум
ол эрэн элбэхтэ барытын мин бэйэм булбутум
элбэхтэ билбэт ыллыкпынан мин хаама турбутум
элбэхтэ олох ойууругар диринник муммутум
элбэхтэ элбэххэ эрэммитим сэрэ5э суох сэрэммитим
элбэхтэ суурэн киирбитим элбэхтэ булан биэрбитим
харчы хантан кэлэрин мин эрдэ билбитим
хара о5о хара улэ5э иитиллибитим
элбэхтэ ме5уллубутум ийэбиттэн.
махтал буоллун эйиэхэ уонна а5абар миигиттэн
элбэхтэ сылаас ылаары кун тахсарын кууппутум
элбэхтэ мин хоппутум хара санааны уурбутум
Айдаарыман айманыман барыта баар буолуо умнуман
айдаарыман айманыман барыта кэрэ буолуо толлуман
Хаhан да быстах санаа5а баhыйтарыма
тостума ыттыма быстыма ыйаныма
хаhан да бэринимэ эрэлгин сутэримэ
тебе5ун араарыма толкуйдаа тубэhимэ
хаhан да хаhан да буолуо суо5а дии санаама эн
барыта кэлэр кэмнээх бэйэ5эр эрэ эрэн
туохтан да куттаныма туохтан да кэмсинимэ
бэйэн аатын кэннэ омуккун эн туhэн биэримэ
быа5ын эрдэ суерумэ дьон соруттан уерумэ
дьон дьолуттан уе5умэ сиэри туому кэhимэ
хомойор диэни билимэ куустээх буоллун санаан
ыксаллаах тугэннэ сыыспат буола сатаа
дьоннун сэргэ5ин санаа ийэ5ин а5а5ын таптаа
до5отторгун сыаналаа бэйэ5ин убаастаа
сурэххин аналгар анаа хардыыларгын манаа
туhаны туhа5а бараа тур уонна хардыылаа
Айдаарыман айманыман барыта баар буолуо умнуман
айдаарыман айманыман барыта кэрэ буолуо толлуман
Читайте также: