Текст песни тиийбэтэх сурук

Обновлено: 22.11.2024

1. Эн тэйбит түүҥҥүн санааммын баччааҥҥа диэри ахтабын
Эн суоххуна мин күннэрбэр ардах түспүтэ тохтообот
Хайдах буолабын аны хаhыс ырыабыный бу
Эн мичээриҥ сырдаппыт илэ көстөллөр субу
Атырдьах уон алтата сүрэх эйигин таптаата
Көрсүhүөхтээх күммүтүн соруйан ардах баттаата
Илдьиттээбит тылларбын санаан ылааччыгын дуо
Эн таптыыбын диэбит тылгын ама хайааммын умнуохпунуй
Мин өйдүүбүн балаҕан сүүрбэ дьоллоох да күнүн
Ол кэрэ көмүс түгэннэр олордубаттар сүгүн
Эйигин сэрэнэммин илиигиттэн сиэппитим
Бу дойдуга дьоллоох эбиппин дии санаммытым
Тапталым ырыата санаа ырыатын ыллыыр
Мин сүрэҕим ситиhээри күүскэ-күүскэ тэбиэлиир
Маннык тыллардаах хоhоону Генка Тина5а аныыр
Эн сүрэххин таарыйыаҕа диэн дууhам ыллыыр

П-в Санаа сурукпун туппакка
Эн кубулуйдун ардахха
Тоҕо түмүк тылгын эппэккэ
Эн баран хааллыҥ куоракка
Маннык барбыккын билбэккэ
Мин туран хааллым атаарбакка
Суругум хаалла сэбирдэххэ
Суураллан хаалла таммахха
Санаа сурукпун туппакка
Эн симэлийдин ардахха
Тоҕо түмүк тылгын эппэккэ
Эн баран хааллыҥ сэрэппэккэ
Аhын сүрэхпин диэбэппин
Мин эн ньиэрбэҕин сиэбэппин
Нарын куоласкын истиэхпин
Уонна тапталбын этиэхпин

2. Саныыр бириэмэ ааста ди күн эргийбитэ хаста да
Эн тиийбэтиҥ ыарыы буолан бу өссө даҕаны ааспата
Таптал ыйыппат миигиттэн умнааhына-манааhына
Барытын бэйэтэ билэр салайар таптааhына
Эн аатыҥ, эн сурэҕиҥ, эн ыраас дууhаҥ ырыата
Дьылҕабар кубулуйан чөл миигин олохтоото үөрэтэҕин
Таптыырга олох үтүөтүн кэрэхсииргэ
Сүрэх тугу санаабытын мэйиибинэн кэпсииргэ
Эн аатыҥ мин олохпор суолталаах ону өйдүү сатаа
Эйигиттэн иҥнэ сылдьабын миэхэ эппиэтэ суох таптал
Миигин эрэйдиир кээмэйдиибин күнү-дьылы
Былыр умнубута буолуо диэмэ ахтабын ыбылы
Санаа былыт буолума тапталбын тымныы кууhума
Сүүhүнэн сүүhүнэн суруйабын сулуhунан халлааҥҥа
Эн ааккын таптыыгын ду таптаабаккын
Ол миэхэ наадалаах мин күүтэбин эппиэккин

Читайте также: