Киьиэхэ кып кыра наада текст песни

Обновлено: 22.11.2024

Форумчанин

Все

1 месяц на форуме Киһиэхэ кып-кыра 4 октября 2019 19:47 451 быычыкаайык наада дии -
Күн көрүө, от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ"
ырыаны истэ олорон !(сибилигин радиоҕа тыаһаата) саха тыла сүтэрэ сөп эбит дии санаатым. Умнууга хаалбыт улахан поэппыт (сахаларга сыһыаннаан "Улуу" да диэххэ сөп этэ) тылларын уоран ылан, онно кэпсэтии тылын сыбаан национальнай радио ситимигэр таһааран ырыа оҥорбут норуот иннэ-кэннэ биллэн эрэр эбит.

4 октября 2019

Саха тыла сүттэҕинэ, ханнык тылынан кэбсэтэҕин.

ити
үлтү бутумах буолбут УРУУСТАР тылларынан ду,
умнууга хаалбыт аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан ду?

4 октября 2019

Оттон итинник тыллаах-өстөөх ырыалары киэҥ эйгэҕэ таһаарар национальнай компаниялаах киһи бэйэм мунааран олоробун. Сотору "ким эрийэн кэллэй?" диирим буолуо

4 октября 2019

Үтүктүһэ-үтүктүһэ тыллаһаллар.

онно
ЛИТЭРЭТИЭРЭ, ҮНҮСТҮТҮҮТ, УРДУС, МАСКУБА тыллаахтары эбэн кэбис.
Бу НАРОДНАЙ ТРАГЕДИЯ буолан эрэр

4 октября 2019

"ким эрийэн кэллэй?" - ким эрийэн кэллэҕэй?

КЭЛЭЭХТЭЭТЭҔЭЙ? диэн курдук
Манна
улаханымсыйыы (улахамсыйыы) көстүүтэ баар

4 октября 2019

Москуба тыла сотору уурайар, кытай, англия тыла киириэ

4 октября 2019

"МасКуба тыллаахтар" диэн кимнээҕи этэргит БУОЛЛАЙ? Бэйэм ыырбыттан ырааппатах саах балаҕаннаах саха киһитэбин. Араадьыйабыт кэпсэтии таһымыгар түспүт буоллаҕына саха тыла эстэн эрэр диэбитим ээ.
Быйыл телефоннанан сайдан олоробун

4 октября 2019

МасКуба тыллаахтар.

Сирияны СИР ИЙЭ дииллэр эҥин
ЯКУТИЯ диэни ИЙЭ КУТ ДЬИЭТЭ
диэтэхтэринэ даҕаны көҥүллэрэ

4 октября 2019

Буоллаҕай - буолаахтаатаҕай.

кимнээҕи этэргит БУОЛЛАЙ?
Манна эмиэ
улаханымсыйыы көстөр, бэйэҕэр холооботкунан этэҕин.

Читайте также: