Flow кини текст песни
Обновлено: 23.11.2024
Хайдах быһааран биэриэхпин билбэппин
хоһуйуохпун бэйэн эчи тыл тиийбэтин
дьыала барыта хамсаныытыгар сытар
ойуулуохпун тылым өҕүллүбэт саатар
биири этэбин туох эрэ атыннаах
айбыт таҥара ону билэр кыахтаах
этиэххэ сөп айылҕа кистэлэҥэ
бары өттүтүнэн барытынан кэрэ
туттара-хаптара кини хара харахтара
хас биир оҥорор хардыыта
мичээрдээн ылыыта
онон тугу да саарбахтыы
толкуйдуу да барбакка
бу кыыска чугаһыахтаахпын
билэбин миэхэ кини наадатын
кини тугунан да маарыҥнаабат атыттарга
хайдах да хатыламмат,соҕотох бу дойдуга
кини ураты букатын
билэммин этэбин атынын
ол иһин кинини таптыыбын
бу ырыа тылларын аныыбын
тутула суоххун эн туохтан да
бас билбэт эйигин ким да
баҕа санаам барыта эн буолаҕын
хатылыам хаста да эн эрэ, эн буолаҕын
билэбин киниэхэ туох эрэ баарын
барыларын баһыйарын баһылыырын
наадыйбат эр киһи көмөтүн
кинини киэн тутта көрөбүн
сөҕөбүн тугу барытын кыайарын
баҕарбытын оҥорор кыахтааҕын
ол курдук бу кыыс туһунан
билигин ыллардым барытынан
сахам сирин кэрэ көстүүтэ
айылҕам саас уһуктан
тупсубут дьүһүнэ
элбэх уол эйигиттэн өйө суох барар
кииристим мин эмиэ олор быыстарыгар
хайа да кыыс холобур оҥостор эйигин
барытын эн бэйэн бу сиргэ ситистин
эн уордун мин сүрэхпин, сүрэхпин уордун
тапталым тыыннаах иччитэ эн буоллун
Читайте также: