Текст песни чкрш таптыыбын

Обновлено: 24.11.2024

Көмүс күһүн бүтүүтэ
Маннайгы хаар түһүүтэ
Мин эйиигин булбутум
Тапталбын көрсүбүтүм
Ол күнтэн ыла сүрэҕим
Охсуута күүһүрбүтэ
Эйиигин доҕорбун
Таптаабытын билбитэ
Аҥардас мичээргин көрөммүн
Эйиигин олуһун астынабын
Аҥардас эн ааккын хатыылааммын
Хомойор санаабын умнабын
Үөрдэххинэ тэҥҥэ үөрэбин
Эйиигин курдары күүтэбин
Сүрэҕим истин иэйиитин
Ылыммаккын диэн мин билэбин

Сүрэхпин аныыбын
Мин эйиигин таптыыбын

Тымныы кыһын ортото
Ахсынньы ый буолуута
Эйиэхэ чугаһааммын
Доҕор аатын ылбытым
Эн миэнэ буолбатаххын
Дууһаҕын арыйбаккын
Ол эрэн миэхэ син биир
Күндү киһи буолаҕын
Хайдах гынан ситиһэбин
Сүрэҕин аанын арыйабын
Хайдах таптыырбын этэбин
Туора көрүөн диэн сэрэйэбин
Сэгэриэм миигин хомотума
Сурэхпин эн таас оҥорума
Эйиэхэ анаан ыллыыбын
Таптыыбын ди, таптыыбын

Сүрэхпин аныыбын
Мин эйиигин таптыыбын

Дьылҕабар эн курдук ураты киһини
Мин билэ да, коро да, истэ иликпин
Биир тыла суох аймыыгын олуһун миигин
Ынырык күүстээхтик ылларбыт эбиппин
Күндү киһим эйиигин эрэ талбытым
Бэлэхтиэм тапталбын, дууһабын барытын
Олохпор эн күнүм кэриэтэ буолаҕын
Ол эрэн миигиттэн син биир ыратааҕын.

Читайте также: