Саха омук уолаттара текст песни

Обновлено: 18.09.2024

Саха омук хоһуун уолаттара,
Иннин диэки хорсуннук хаамаллар,
Хараҥа күүстэртэн чаҕыйбаттар,
Хааннарын тоҕортон толлубаттар.

Саха омук уолаттара
Дьиҥнээх саха чулуулара
Сырдык олоҕу батыhыҥ
Куhаҕантан киэр хайыһыҥ!

Саха омук уолаттара
Дьиҥнээх саха хоhууттара
Сайда турун куруутун
Инники буолун өрүүтүн!

Саха омук сэмэй уолаттара
Куhаҕан дьаллыкка ылларбаттар,
Кэрэҕэ сырдыкка талаhаллар,
Инники олохпутун түстүүллэр.

Бары бииргэ буолуоххайыҥ!
Бары күүhү холбуоххайыҥ!
Саха омук сайдар суолун
Бука бары түстүөххэйиҥ.

Ытааччылар эрэ бэргэннэрэ,
Атахтаахтар эрэ түргэннэрэ,
Тустуук мадьыҥа күүстээхтэрэ,
БУ БАРЫТА БИhИЭННЭРЭ.

Читайте также: