Кыракый уолчааным текст песни
Обновлено: 21.12.2024
Дойдубун, дьоннорбун ахтан,
Долгуйа аһабын дьиэм аанын,
Ким-хайа иннинэ аан бастаан
Кыра уолум көрсүһэр.
Туку-туку туок, тукуругум,
Буку-буку буок, букуругум -
Кыракый уолчааным.
Сүрэхпэр сыһыары тутан,
Сүүһүттэн сыллыыбын-ууруубун,
Сүрдээх да, сүрдээх да үчүгэй,
Сүрэҕим ньүөлүйэр.
Күндүттэн күндүбүт, кырабыт,
Күммүтүн таһаарар киһибит.
Күлэрэ-үэрэрэ кэрэтиэн,
Күн тэҥэ күндүтүөн.
Читайте также: