Аахса барбаппыт атын омук диэн текст песни

Обновлено: 15.05.2024

Аахса барбаппыт атын омук диэн,
Атастарга үөрэбит.
Араарсыбаппыт хара, үрүҥ диэн,
Илиибитин биэрэбит.

Эдэр ыччат,
Бары кэлиҥ,
Биһигинниин холбоһуҥ,
Күлүҥ, оонньооҥ,
Доҕордоһуҥ.
Ким доҕордоох - ол дьоллоох!

Өрүү мөлтөөбөт төлөн сүрэхпит,
Күүс-уох да баар биһиэхэ.
Бииргэ түмсэртэн күүрэр күрэхпит
Уон оччонон үүнүөҕэ.

Эдэр ыччаттар, норуот улуукан
Эрэлин толоруоҕуҥ.
Күлүк түспэтэх, күннүү чаҕылхай
Олоҕун оҥорсуоҕуҥ.

Читайте также: